Сценарий. Алын кылаас
о5олоругар саҥа дьыллааҕы утренник.
Бириэмэтэ: ахсынньы 28 күнэ 2019с.
Сарсыарда 10 чаастан. Оскуола актовай саалата.
Сыанаҕа эмээхсин, оҕонньор, олоо
бааллар. (ВИДЕОЗАПИСЬ)
Эмээхсин:
Оо саҥа дьылбыт бу кэлбит. Оҕом сыыһа Олоо тугу баҕараҕыыын?
Олоо:
Ээ мин дьиэбэр тыыннаах харыйа туруон ба5арабын.
Эмээхсин:
Ээ о5окком. ? Куорэгэй кэл тарт манна.Сибилигин ойуурга та5ыс о5ус. Харыйата
кэрдэн а5ал. Олоом барахсан ба5арар.
Куорэгэй:
Оттон таьырдьа силлиэ дии.
Эмээхсин: Оссо
эн миигин кытта этиьээри гына5ын дуо. Бара тарт! Харыйата суох тоннон кэлээр
эр! - Ии о5оккоом таьырдьа тымныыбыт олус кууьурбут дии, эн куобах кээнчэ5ин
кэттин дуо? (кыыс турар).
Сцена 2. Кыыс тахсан
барар иьэр ойуур устун.Харыйа анныгар олорор.
Сцена 3. Бу кэмҥэ Байанай
Айыы, Билгэ Хаан кэпсэтэ- кэпсэтэллэрэ костор.
Байанай:
- Алакы, Алакы. Үчүгэй да тымныы буолбут, силлиэм барахсан тыаһа истэргэ
астыгын, Байанай Айыы буолан сылым түмүктэнэрэ бу кэллэ. Дьэ, элбэх
ситиһиилээх, баайдаах дьыл түмүктэнэн эрэр. Үөһэттэн көрдөххе Кэбээйилэр
суоллара бүтэрэ буолбут, нэһилиэктэрэ тупсубут, элбэх оҕо улахан дьон барыга
бары көхтөөҕө иһиллэ турар.
Билгэ Хаан:
Кырдьык көрүөххэ үчүгэй, эн сылыҥ бүтэн эрэр, аны мин Билгэ Хаан сыла үүнэр
буоллаҕа. (Кыыс ытыырын истэллэр.)
Байанай:
Һук бу киммитий? Ээ Куерэгэй дии. Ахсынньы тымныытыгар то5о ойууру кэрийдиҥ,
ытыыгын.
Күөрэгэй:
Маачахам миигин тыыннаах харыйата а5ал диэн ыытта. Аҕалбатахпына аҕабын
таһырдьа кыйдыам диир.
Байанай:
ЭЭ Күөрэгээй эн ытаама, Кэбээйи оҕолоругар Саҥа дьыл бырааһынньыга буолар ,
Эһээ дьыл онно кэлэр, мин быраатым Билгэ хаан эйигин илдьэ барыа. Оскуола5а
наьаа кэрэ харыйа туруорбуттар. Чэ эрэ Билгэ хаан Күөрэгэйи ЭҺээ дьылга илдьэн
биэр ( тахсан бараллар онтон иккиэн саалаҕа киирэн кэлэллэр)
ОСКУОЛА ЗАЛАТА.
Билгэ Хаан Күөрэгэйдиин
киирэн кэлэллэр: Эҕэрдээээ орто дойду
урааҥхайдарааа. Билгэ Хаан сыла буолара бу кэллэ. Үүнэр 2020 сылга бары элбэх
билиилээх буолуҥ. Оҕолорбун алгыам да буоллаҕа. Эттэҕим аайы НООО диэҥ. (билиигэ
дьулууру түмэр тыл)
-өйүнэн-санаанан дьоҕургутун
сайыннарарга дьулуурданыҥ- НОООО
-сатаабаппын диэн саҥарымаҥ
дьулуурдаах буолуҥ- НООООО
- Сээркээн Сэһэн баайын күн ахсын
арыйарга дьулуһуҥ-НОООО
Билгэ хаан:
Оҕолоор Күөрэгэй санаатын көтөҕөн бары үөрүҥ, үҥкүүлээҥ, тоҥмутун ириэриэҕиҥ
эрэээ. ( үҥкүү музыката, оҕолор үҥкүүлүүллэр). Күөрэгэй үөрэр.
Флешмоб- Ив.Александра.
Билгэ Хаан:
О5олоор чуораан тыаһа иһиллэр дии, Эһээ дьылбыт Хаарчаанатынааан чугаһаатылар
быһыылаах. Бары ыҥырыаҕыҥ эрэ – О5олор бары - ЭЬЭЭ ДЬЫЫЛ, ЭҺЭЭ ДЬЫЫЛ,
ЭҺЭЭ ДЬЫЫЛ.
Музыка.
(Спортзалтан киирэр)
Эһээ дьыл: Дорообо
Билгэ Хаан, дороообо Күөрэгэй, Дорооболоруҥ оҕолоор, хаардаах хайалар
быыстарынан, силлиэ-буурҕа быыһынан, хаары мууһу тосторута үктээн дьэ
кэллибиит.
Хаарчаана:
Оҕолоор эһиги оскуолаҕыт уота ыраахтан сандааран хата суолбутун көрдөрдө дии. (
Хаарчаана хоьоон аа5ар)
Эьээ дьыл: О5олоор,
чээрэ. Сана дьыллаа5ы харыйабытын уматыа5ын эрэ! Биир, икки, ус! Харыйа умай,
харыйа умаай! (3- тэ хатылыыр)
-
КҮӨрэгээй мин эйиэхэ аптаах харыйа аҕаллым.
Үчүгэй киһи илиитигэр киирдэҕинэ олоҕо тупсар, куһаҕан санаалаах киһи туттаҕына
үчүгэй суолга үктэнэр.
Куорэгэй:
Утуо санаалаах Эьээ дьыл, комон иьин махтал, мин дьиэбэр ыксаатым, аптаах
харыйабын дьиэбэр туруоруом. ( Күөрэгэй махтанар уонна Билгэ Хааны кытта
тахсан барар)
Билгэ Хаан:
Чэ, биьиги ыксаатыбыт, бардыбыт, эьиги учугэйдик бырааьынньыктаан.
Эьээ дьыл: Аны
Билигин үөрэхтэригэр туйгун сыананан көрсүбүт оҕолорго махтал суруктарбын
туттарыам. (награждение отличников и хорошистов по классам). (кылаас
туйгуннара, хорошистара тахсаллар, грамотаны лидерга биэрэр)
-2а, 2б, 3а, 3б, 4а, 4б туйгун уорэнээччилэрэ...Учугэй
уорэнээччиллэрэ...(хаартыска5а туьэрэллэр)
- Саҥа дьылы ыҥырыаҕыҥ.
Кутуйахтар: САҤА ДЬЫЛ,
САҤА ДЬЫЛ........ саҥа дьылы арыаллаан сорох
кутуйахтар киирэллэр.
САҤА ДЬЫЛ: Дорооболоруҥ
оҕолоор. (Хоһоонун ааҕар).
Хаарчаана:
Оҕолоор быйыл кутуйах сыла үүнэр. Онон кутуйахтар сорудахтарын толоруоҕуҥ.
Зоя Влад- кутуйах:
( талааннаах оҕолор Кэбээйи оскуолатыгар элбэхтээр, көрүөҕүҥ. Номердар
уочаратынан киирэн иһэллэр)
Вил.Гавр. Окт.Дмит. кутуйах:
(кутуйахтар күрэхтэрэ- бэйэни билиһиннэрии, талаан, көрдөөх күрэх)
Тать.Влад- кутуйах:
( хоробуот үҥкүүтэ)
Эьээ дьыл: Дьэ Кэбээйи
о5олоро көхтөөх да эбиккит. Бу курдук мэлдьи үөрэ-көтө, ыллыы-туойа,
үлэҕэ-үөрэххэ кыһамньылаах буолуҥ. Биһиги атын сирдэри кэрийэ бардыбыыт. ( Эьээ
дьыл, Хаарчаана, Саҥа дьыл бараллар оҕолор атаараллар, оонньуу салҕанар)
Конкурс тумуктэрэ. Грамоталары
туттарыы
Уруьуй, поделка, кутуйах курэ5э.
3 кутуйах:
( таайтарыылар)
Дискотека.
Хаарчаана:
Оҕолоор эһиги оскуолаҕыт уота ыраахтан сандааран хата суолбутун көрдөрдө дии.
( Хаарчаана хоьоон этэр)
Сана дьылы таптыыбын,
Сана дьылга уорэбин.
Эьиэхэ5э, о5олорго,
Ыалдьыт буолан кэлэрбин.
Сана дьыл- аптаах кэм,
Ба5а санаа туолуута,
Сана дьыл- кордоох кэм,
Бары уорэ корсобут.
Сана дьылбыт,
Сана дьылбыт,
Учугэйиэн, кэрэтиэн!
Сана дьыл хоьоонун
кэнниттэн этэр.
Хаарчаана:
Оҕолоор быйыл кутуйах сыла үүнэр. Онон кутуйахтар сорудахтарын толоруоҕуҥ.
Сана Дьыл уол:
Мин Сана дьыл буолабын
Сана сылы аьабын,
Сана урдук кыайыыны
Барыгытыгар а5алабын.
Угус элбэх эрэллээх
Сана сылга уктэнэбин.
Угус утуе санаалаах
Сана Дьылы аьабын.
Оставьте свой комментарий
Авторизуйтесь, чтобы задавать вопросы.